Datasets:
text stringlengths 4 163k | token_count int64 3 112k |
|---|---|
Саха дьоно бары тэҥнэр. Саха сиригэр элбэх араас омуктар бииргэ олорбуттара ыраатта. Перепись суруйуута бигэргэтэринэн сүүстэн тахса омуктар араас үлэлэри бииргэ үлэлээн эйэлээхтик олороллор. Бу элбэх омуктартан кэнники кэмҥэ сахалар ахсааннара эбиллэн баһылыыр оруолу ылан эрэллэр, онтон нууччалар иккис миэстэҕэ түһэн ... | 6,611 |
Иккиттэн биирин талыы. Сиргэ туох барыта эргийэн, уларыйан биэрэрэ кэмэ кэллэҕинэ кэлэн иһэр. Кыһын кэнниттэн, саас, онтон сайын кэлэр, хараҥа, тымныы түүн сырдык күнүнэн солбуллар. Үчүгэй уонна куһаҕан кэмнэр солбуйсан биэрэллэрэ хаһан да тохтообокко салҕанан баран иһэллэр. Олоххо хаһан баҕарар уларыйыылар тахсаллар. ... | 8,427 |
Киһи өйүн-санаатын уратылара. Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоруу түмүгэр атеистары үөскэтэннэр, киһи оҥорор быһыытыгар өйө-санаата бастаан иһэрин уонна икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсарын аахсыбат буолууну олоххо киллэрэн салайар былаас диктатураҕа кубулуйбута. Кэлин кэмҥэ саха с... | 5,367 |
Олоруу кэминэн. Көрсүө, сэмэй буолуу диэн саха дьонун олохторун тутаах үөрэҕэ буолар. Бу үөрэх уһун үйэни, үлэ-хамнас сайдыытын, тупсуутун аймахтар ахсааннара эбиллиитин ситиһэр кыаҕы биэрэрэ улахан суолталаах. Саха дьоно көрсүө, сэмэй майгылаахтарынан киэн тут-таллар. Барыга бары сэрэхтээхтик, сыыһа-халты туттубакка, ... | 5,752 |
Билсии - көрсүү. Сахалар билсии-көрсүү диэн холбуу этиини элбэхтик туһаналлар, киһи киһиэхэ сыһыаныгар, үлэни тэрийиигэ, салайыыга улахан барыстааҕын, туһалааҕын бэлиэтииллэр. Киһи аан маҥнай көрсөн билсэрин кэнниттэн сыыйа-баайа кэпсэтэн билсиитин кэҥэтэр. Элбэх билсиилээх буолууга киһи элбэх дьону барыларын хараҕынан... | 3,441 |
Сыты билии уратыта. Сахабыт тылын иччилээх диибит. Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьар. Олус былыргы кэмнэртэн биллэр сахабыт тылын үөскэтэр бары дорҕооннорго дириҥ өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьалларыттан тылбыт иччилээх диэн этэллэр. Ол аата тыл дорҕоонноро мэйиигэ хамсааһыны үөскэтэллэриттэн онно сөп түбэһэр өй... | 5,831 |
Ааккын түһэн биэримэ. Олус уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэхтэрэ өс хоһооннорунан этиллэн кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэллэр. “Үтүө аат-суол баайдааҕар ордук” диэн өс хоһооно байыы уһун үйэтэ суоҕун, онтон аат-суол уһун үйэлэргэ умнуллубатын быһаарар. “Аат-сурах ыраах барар” диэн өс хоһооно аат киэҥник тарҕан... | 8,713 |
Буруйдааҕы булуу. Биһиги сахалар сайдан, ахсааммыт эбиллэн иһэригэр, таҥарабыт итэҕэлэ олоххо киирэригэр, сахабыт тыла олох бары эйгэлэригэр толору туттулларыгар баҕарабыт. Бу баҕа санаабыт туолан иһэригэр бииргэ олорор нуучча омукпутугар үлэ үгүс көрүҥнэригэр баһыттарарбыт улахана элбэҕиттэн араас мэһэйдэр үөскээн сыл... | 9,272 |
Куһаҕан түүл сэрэтиитэ. Сахалар киһи өйүн-санаатын олус дириҥник үөрэтэн баһылаабыттарын былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билбит уонна бэйэлэрэ олохтоон туһана сылдьар Кут-сүр үөрэхтэрэ биллэрэр. Билигин, өй-санаа ордук сайдан истэҕинэ, бу үөрэх туһата өссө улаатан биэрэрэ тиийэн кэллэ. Үгэстэр киһи олоҕор ылар оруоллара олус ... | 5,817 |
Ыарыы уратыта. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит сахабыт тыла киһи өйүн-санаатын кытта арахсыспат тутулуктааҕын ыарыы диэн тылтан буларбыт ордук табыллар уонна дириҥник өйдөнөр. “Ы” диэн дор-ҕоон саамай куһаҕан дорҕоон буоларын олус куһаҕан суолталаах элбэх тыллар үөскээн туттулла сылдьаллара биллэрэр.
Ыар диэн бэйэтэ к... | 6,273 |
Өлбөт үөстээх. Айылҕаҕа аҥар өттүн диэки кэлтэйдии бара туруу табыллыбат, кыаллыбат. Ол курдук, айылҕаҕа туох барыта эргийэн кэлэ турарынан үүнээйилэр, тыынар-тыыннаахтар икки өттүлэриттэн ханна да аһара ыыппат, солбуйсууну үөскэтэр тутулуктар икки ардыларыгар сайдал-лар. Бу тутулугу сахалар былыргы кэмнэртэн үөрэтэн б... | 4,642 |
End of preview. Expand in Data Studio
README.md exists but content is empty.
- Downloads last month
- 3